Lyrics Ponsash, Saas Ustar & Fiesta – Сибэккибэр

Сибэккибэр Lyrics – Ponsash, Saas Ustar & Fiesta

Singer: Ponsash, Saas Ustar & Fiesta
Title: Сибэккибэр

Күлүмүрдүүр сир үрдүн
Бүтүннүү бүрүйбүт көмүс күһүн
Көстүүтүн көрөн үөрдүм
Көҥүлгэ көппүт киһи

Булуом этэ кинини
Күннээҕини киэр элитэммин эрэли
Санаа дириҥэ байҕал тэҥэ күҥҥэ
Үҥэр кэммэр, миигинниин тэҥҥэ үҥэр

Көрө иликпин бу эҥэр эйиэхэ тэҥнээх
Киһини биирдэ да эн итэҕэй
Быйылгы дьыл бастакы хаарыгар, эн бааргар
Былыттары атаара былыргым хаалар

Бороҥ сиргэ быыстала суох бүрүллэн
Үрүҥ кыырпах түһэн тулаҕын киэргэтэр
Ол эрэн, саныыгын тоҕо маннык сыл ахсын
Тоҕо бары саныылларый — күһүн арахсыы диэн?

Эн биһи иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама

Туоххаһыйа тууйуллума
Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама

Туоххаһыйа тууйуллума
Санаабар өссө да биир кини туһуттан
Айылҕа уһуктан тулам тупсан турар
Күнүм киирбэт түүлбэр эрэ

Көстөҕүн эн күһүн үҥкүүтүгэр
Күн сиригэр төһө элбэх киһи сүрэҕигэр
Бу кэрэ көстүү күүһэ күһүнү кытта тиийэр
Умнуллуу, төһө да күүппэтэх буоллун

Кэлиэ барыбытыгар илдьэ барыа дьолгун
Ол иһин күндү түгэн төһө да түргэнин иһин
Хаһан бүтэһигин ылыам илиигин
Бу сэбирдэхтии хагдарыйыам түргэнник

Ол кэммит кэлэ илик
Ол иһин кэхтии кэмин күүппэппин
Күһүн арахсыы диэни билбэппин
Ааҥҥын арыйан тахсыый эн

Онно биһи икки, иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама

Туоххаһыйа тууйуллума
Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама

Туоххаһыйа тууйуллума
Хайаларыттан кими күһүн бүгүн арааран барар?
Хаарыйар санаалардыын хаалларарай?
Хаар быыстала суох ардах да ардаатар ардыгар

Күһүҥҥү түүн хаһыҥныыр хаһааҥҥытааҕар да
Күндү түүн эн аттыгар бэркэ диэн мин
Билэбин тоҕо былыт быыһыттан оонньуурун
Мин тоҕо ол сулус оонньуурун

Билигин эн миэхэ тобукпар көтөхтөрөн олороҕун
Көрсүбүппүт эдэр саас күһүнүгэр
Ол айылҕа, ол түгэни саатар өйдүүгүн эн
Көмүс сэбирдэхтэр эн тула үҥкүүлүүллэр

Кигэн күөттээн мэник тыал күлэр
Бу кэм барда этэҥҥэ миэхэ эйиэхэ таптаһар сүрэххэ
Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн
Аныыбын эйиэхэ таптал тылларын сипсийэн сэрэнэн

Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туоххаһыйа тууйуллума

Күндү киhим санаарҕаама (Санаарҕаама)
Күһүн кэллэ диэн ытаама (Ытаама)
Таптал бүттэ дии санаама
Туоххаһыйа тууйуллума

Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туоххаһыйа тууйуллума

Күндү киhим санаарҕаама (Санаарҕаама)
Күһүн кэллэ диэн ытаама (Ытаама)
Таптал бүттэ дии санаама
Туоххаһыйа тууйуллума
Find more lyrics at lyrics.jspinyin.net

You can purchase their music thru 
Amazon Music  Apple Music
Disclosure: As an Amazon Associate and an Apple Partner, we earn from qualifying purchases
Other Popular Songs:
Кору - untitled
Bảo Thy - Ích Kỷ

Lyrics Ponsash, Saas Ustar & Fiesta – Сибэккибэр

Kindly like and share our content. Please follow our site to get the latest lyrics for all songs.

We don’t provide any MP3 Download, please support the artist by purchasing their music 🙂

You can purchase their music thru 
Amazon Music  Apple Music
Disclosure: As an Amazon Associate and an Apple Partner, we earn from qualifying purchases